Олоҥхо туһунан библиотечнай уруок.

      Комментарии к записи Олоҥхо туһунан библиотечнай уруок. отключены

Сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнүгэр, оскуола оҕолоругар Олоҥхо туһунан библиотечнай уруок ыытылынна. 

Олоҥхоҕо  аан дойду хайдах айыллыбытын, олох үөскээбитин, саха омук хайдах сайдыбытын, олоҕун- дьаһаҕын, майгытын-сигилитин, өйүн-санаатын, айылҕа модун күүһүн кэпсиир сүдү айымньы буоларын, Олоҥхо тыла саха омук бастыҥ баайа, кэрэ киэргэлэ, өйүн сүрэҕин үгүс үйэлээх албан айымньыта, кини-норуот күндү кылаата, норуот муудараһын, этэр тылын эгэлгэтин муспут баай айымньыта., олоҥхо норуот тылынан уус-уран айымныты муҥутуур чыпчаалынан буоларын, жанр өттүнэн саамай уустук тутуллаах, ураты көрүҥнээх айымньыта,  саха норуота бачча улахан барҕа баайдааҕынан киэн туттуохтааҕын оҕолорго сырдаттыбыт. П. А. Ойуунускай Дьулуруйар Ньургун Боотур олоҥхотун ис хоһоонун кэпсиир үс мүнүүтэлээх видео көрдүбүт. Түмүккэ оҕолорго олоҥхо туһунан төһө билэллэрин тургуттубут.

Screenshot