Бүгүн, тохсунньу 27 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр блокадаламмыт Ленинград куорат өстөөх төгүрүктээһиниттэн толору босхоломмут күнүн туһунан Үөгэн оскуолатын оҕолоругар патриотическай чаас ыытылынна.
Библиотекарь Татьяна Николаевна Ленинград блокадатын ыар кэмин оҕолорго кэпсээтэ, сырдатта. Оҕолор блокада килиэбин, Ладожскай күөл, Таня Савичева, иһэр уу күндүтүн туһунан хоһооннору ааҕан иһитиннэрдилэр. История учуутала Юрий Васильевич ол Ленинград блокадатыттан тыыннаах ордон хаалбыт, бэтэрээн дьон билиҥҥи олоххо ол кэми кэпсииллэрин туһунан видеону көрдөрдө.
Бу Ленинград куораты блокадаттан босхолооһуҥҥа Үөгэн нэһилиэһигиттэн Мандысов Василий Федотович, Бурцев Павел Куприянович, Бурцев Николай Федотович олохторун толук уурбутттара, көмүс уҥуохтара онно хараллыбыттара.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр блокадаламмыт Ленинград куорат босхоломмут күнүн туһунан Үөгэн оскуолатын оҕолоругар патриотическай чаас ыытылынна.
Комментарии к записи Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр блокадаламмыт Ленинград куорат босхоломмут күнүн туһунан Үөгэн оскуолатын оҕолоругар патриотическай чаас ыытылынна. отключены