Фронтовик суруйааччы, поэт, драматург Т. Е. Сметанин 105 сылыгар анаан, «Сахалыы ааҕабыт» бырайыак чэрчитинэн, » Күөрэгэй» остуоруйанан аахпыты тургутар оонньуу-күрэх Үөгэн сүрүн оскуолатын алын кылаас үөрэнээччилэригэр ыытылынна.
Эрдэ сорудах биэрэн, дьиэлэригэр «Күөрэгэй» остуоруйаны дьиэ кэргэнинэн аахпыттара.
Оонньууга оҕолорго остуоруйаттан араас ыйытыылар бэрилиннилэр, сөпкө эппиэттээбит оҕо «көмүс манньыат» ылан истэ. Ону таһынан эргэрбит тылларга эмиэ ыйытыылар бэриллиннилэр.
Оҕолор бары аахпыттара оонньууга былдьаһа, былдьаһа эппиэттииллэриттэн көстөр.
Оонньуу түмүгүнэн бастакы элбэх «манньыат» хомуйан 1 үрдэли Максимов Эрэл, 2 кылаас, 2 миэстэни Бурцев Ярик, 3 кылаас уонна 3 миэстэни Степанов Айтал, 4 кылаас ыллылар. Кыттыбыт оҕолорго туоһу сурук, кыайыылаахтарга добун суругу кытта минньигэс ас бэрилиннэ.
Сахалыы ааҕыыны кыра эрдэхтэриттэн көҕүлээн, аахтаран уонна аахпыттарын тургутан маннык оонньуулары, күрэхтэри ыытан оҕоҕо кинигэҕэ ааҕыыны умсугутуохха.
Фронтовик суруйааччы, поэт, драматург Т. Е. Сметанин 105 сылыгар анаан
Комментарии к записи Фронтовик суруйааччы, поэт, драматург Т. Е. Сметанин 105 сылыгар анаан отключены